1948
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1944 1945 1946 1947 — 1948 — 1949 1950 1951 1952 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1948 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 7 — Ойрот автономиялаах уобалаhын (Ойро́тская автоно́мная о́бласть) аата Хайалаах Алтаай автономиялаах уобалаhа (Го́рно-Алта́йская автоно́мная о́бласть) диэҥҥэ уларыйбыт. Билигин — Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 4 — Цейлон (Шри-Ланка диэн ааттаммыта) Биритээнньийэ Холбоһугар киирэр тутулуга суох дойду буолбут.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 20 — ВКП (б) Киин кэмитиэтэ Югославия салалтатын маркстыы идьэлиэгийэттан туорааһыҥҥа аһаҕастык буруйдаабыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 1 — Фарер арыылара Данияттан автономияны ылбыттар.
- Муус устар 3 — АХШ бэрэсидьиэнэ Гарри С. Трумэн Маршалл былаанын бигэргэтэн, 5 миллиард дуоллары 16 дойдуга көмө быһыытынан ыытарга уураахтаабыт.
- Муус устар 7 — ВОЗ устааба олоххо киирбит. Бу күн билигин Чөл турук күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
- Муус устар 28 — Саха сиринээҕи наука чинчийэр базата тэриллибит (билигин Саха сиринээҕи Наука киинэ, ЯНЦ ЯФ СО РАН).
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 1 — КНДР (Хотугу Кэриэйэ) тэриллиитэ биллэриллибит.
- Ыам ыйын 3 — Японияҕа аан бастаан Конституция күнүн бэлиэтээбиттэр.
- Ыам ыйын 14 — Израиль тутулуга суох судаарыстыба буолбут, быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыба төрүттэммит. Дэкилэрээссийэ тахсаатын кытта аттыгар сытар арааб дойдулара саба түспүттэрэ.
- Ыам ыйын 15 — Палестинаҕа Британия мандаата тохтоотун кытта Эгиипэт, Трансиордания, Ливан, Сирия, Ираак уонна Сауд Аравията Израильга саба түспүттэр, Араабтар уонна Израиль ыккардынааҕы 1948 сыллааҕы сэрии саҕаламмыт.
- Ыам ыйын 23 — Литваҕа «ойуур бырааттарыгар» кытта сылдьыбыт, кинилэргэ көмөлөспүт дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин депортациялыыр икки хонуктаах эпэрээһийэ түмүктэммит.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 7 — Эдвард Бенеш Чехословакия саҥа конституциятыгар илии баттаабакка бэрэсидьиэн солотуттан барбыт. Бу иннинэ, олунньу 25 күнүгэр дойду түмэнин бэрэссэдээтэлэ буолан олорор хомуньуус Клемент Готвальд забастовканан куттаан уонна Сэбиэскэй Сойуус көмөтүнэн кинини күһэйэн бэйэтин бырабыыталыстыбатын олордубута. Бенеш барбытын кэннэ Чехословакияҕа былааска бүтэһиктээхтик хомуньуустар кэлбиттэрэ.
- Бэс ыйын 9 — ЮНЕСКО эгидатынан Архыыптар аан дойдутааҕы сүбэлэрэ олохтоммут.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 24 — Дьокуускайга Нагорнай уулусса Поярков уулусса уонна Мархинская уулусса Стадухин уулуссата буолбуттара.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 5 — Сылгыһыттар Константинов Р.И. (Чурапчы) уонна Степанов А.Е. (Мэҥэ-Хаҥалас) Социалистическай Үлэ геройдара буоллулар.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 5 — Дьокуускайга Иркутскай уулуссатын Дежнев аатынан ааттаабыттар.
- Алтынньы 5 — Ашхабад куоракка буолбут сир хамсааһыныттан 10 000-тан 110 000 диэри киһи өлбүт.
- Алтынньы 6 — Туркменистан киин куоратыгар Ашхабадка 7,3 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Куорат 100 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕуттан үс гыммыт биирэ өлбүт. Дьиэ-уот үксэ сиикэй кирпииччэнэн тутуллубут буолан сир хамсааһынын тулуйбакка урусхалламмыт. Бу аан дойду устуоруйатыгар саамай алдьатыылаах сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 12 — Токиоҕа дойдулар ардыларынааҕы байыаннай түрүбүнээл сэттэ дьоппуон салайааччытын (ол иһигэр Хидеки Тодзё диэн генераалы) Иккис аан дойду сэриитигэр оҥорбут буруйдарын иһин өлөрөргө уурбут.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы — 24 спортсменнаах Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата РСФСР норуоттарын кыһыҥҥы Спартакиадатыгар кытынна.
- Ахсынньы 10 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Киһи быраабын биирдэһиллибит декларациятын ылыммыт.
- Ахсынньы 26 — Хотугу Кэриэйэттэн тиһэх сэбиэскэй сэриилэр тахсыбыттар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Павлов Алексей Гаврилович- ХИФУ геологоразведочнай факультетын хостонор баайдары көрдүүр уонна чинчийэр кафедратын доцена
- Тохсунньу 10 — Артур Алексеев — Саха сирин бэлиитигэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI ыҥырыыларын дьокутаата; Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутаата; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин I, II ыҥырыыларын дьокутаата.
- Тохсунньу 30 — Игнатьев Владимир Никифорович — саха худуоһунньук-дизайнера, график.
- Кулун тутар 18 — Анастасия Божедонова — СӨ бэрэсидьиэнин Ыал уонна оҕо дьыалаларын Кэмитиэтин салайааччыта буола сылдьыбыт, CӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, социология билимин хандьыдаата.
- Кулун тутар 23 — Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
- Муус устар 15 — Атласова Валентина Иннокентьевна - саха култууратын пропагандииһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- Муус устар 15 — Брагина Дарья Григорьевна — историческай билим доктора.
- Бэс ыйын 12 — Кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Давыдов, Хадаар нэһилиэгин туһунан кинигэ ааптара.
- От ыйын 22 — Курчатова Зинаида Капитоновна - - саха живописеһа.
- От ыйын 27 — Лиханов Владимир Иванович — (27.07.1948—27.07.2003) — филология билимин кандидата.
- Атырдьах ыйын 14 — Лугинов Николай Алексеевич - саха норуот суруйааччыта, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Духуобунас академиятын вице-президена.
- Атырдьах ыйын 23 — Ехануров Юрий Иванович, 2005 - 2006 сылларга Украина премьер-министра, 2007 - 2009 сылларга Украина оборуонатын миниистирэ.
- Балаҕан ыйын 8 — Попова Зоя Гаврильевна — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа.
- Балаҕан ыйын 23 — Тарасов Юрий Степанович — социология билимин кандидата,
- Алтынньы 5 — Марков Федор Иванович, муосчут, СӨ норуот худуоһунньуга.
- Алтынньы 11 — Кузьмин Вадим Романович (1948 - 2008), техника наукаларын доктора, профессор, СӨ НА академига.
- Сэтинньи 7 — Иван Ярыгин — көҥүл тустууга икки төгүллээх олимпийскэй чөмпүйүөн (1972, 1976), ССРС үтүөлээх тренерэ, дойдулар ардыларынааҕы категориялаах судьуйа.
- Сэтинньи 8 — Жегусов Федор Степанович - саха живописеһа,
- Ахсынньы 2 — Дьяконов Афанасий Лукич (02.12.1948—13.07.1990) — история билимин кандидата.
- Ахсынньы 20 — Захаров Николай Семенович (Сахаачча) (20.12.1948—1969) — саха аатырбыт тустууга.
- Ахсынньы 21 — Сэмюэль Джексон — Америка киинэ уонна тэлэбиидэнньэ артыыһа, продюсер.
- Ахсынньы 24 — Петров Пантелеймон Пантелеймонович — устуоруйа билимин хандьыдаата,
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 30 — Моhандас Карамчанд Ганди
- Олунньу 11 — Сергей Эйзенштейн — сэбиэскэй тыйаатыр уонна киинэ режиссера, худуоһунньук, сценарист, ускуустубаны чинчийээччи, педагог. РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ (1935 сыл).
- От ыйын 15 — Боло Семен Иванович, фольклорист.