1932 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1932 көстө)
Сыллар |
---|
1928 1929 1930 1931 — 1932 — 1933 1934 1935 1936 |
Уоннуу сыллар |
1900-с 1910-с 1920-с — 1930-с — 1940-с 1950-с 1960-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1932 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу — РСФСР Наркомземын иһинээҕи Госземтрест Саха сиринээҕи салаата тэриллэр.
- Тохсунньу 25
- ССРС уонна Польша саба түспэт туһунан пакт түһэрсибиттэр.
- Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр хотугулуу-илиҥҥи Хэйлунцзян провинциятын киин куората Харбин обороната саҕаламмыт.
- Тохсунньу 28 — Дьоппуон сэриилэрэ Шанхайга саба түспүттэр. Куорат иһигэр буолбут биир ыйдаах кыргыһыы түмүгэр Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ сэбилэниилээх күүстэрин барытын Шанхайтан таһаарбыт.
- Тохсунньу 29 — Саха АССР Совнаркомын уурааҕынан Аэрофотогеотрест диэн тэрилтэ тэриллэр. Саха сирин геодезия уонна топография өртүнэн үөрэтэр.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 4 — Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр 10 күннээх көмүскэнии кэнниттэн дьоппуоннарга Харбинбэриллибит.
- Олунньу 18 — Дьоппуон импиэрийэтэ хотугулуу-илин Кытайга Маньчжоу-го диэн судаарыстыба тэрийбит. Дойду баһылыгынан Кытай бүтэһик импэрээтэрин, маньчжур династиятын киһитин Пу Ини олордубуттар.
- Олунньу 27 — Англия учуонайа Джеймс Чедвик нейтрону арыйбыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 9 — Маньчжоу-го үрдүкү баһылыга Пу И дуоһунаска киирбит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 10 — Уу көлөтүн норуот хамыһаарын № 139 бирикээһинэн Дьокуускайдааҕы өрүс техникума аһыллыбыта.
- Муус устар 13 — ССРС Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (Совнарком) «Байкал-Амур тимир суолун тутуутун туһунан» уураах таһаарбыт.
- Муус устар 23 — ВКП(б) Киин кэмитиэтэ сэбиэскэй суруйааччылары түмэр сойуус тэриллэрин туһунан уураах таһаарбыт[1].
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 11 — Саха АССР Совнаркома "Кымыс оҥоруу туһунан" уураах ылар.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 15 — Староватов П.Х. "Үлэ Геройа" аат иҥэриллэр.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 12 — Дьокуускайга Киин электростанция тутуута саҕаланна.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 20 — Уһук Илин кыраайын састаабыгар Сахалин уобалаһа тэриллибит. Ол саҕана уобалас Сахалин арыытын хотугу аҥаарын эрэ ылара, арыы соҕуруу аҥаарын Дьоппуон бас билэрэ.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 10 — Таиланд конституциялаах монархияҕа кубулуйбут.
- Ахсынньы 17 — Хотугу байҕал суолун сүрүн дьаһалтата (Главное управление Северного морского пути - Главсевморпуть) тэриллибит. Главсевморпуть сүрүн сыала — Арктиканы туһаҕа таһаарыыны уонна Хотугу байҕал суолунан хараабыллар сылдьалларын хааччыйыы.
- Ахсынньы 27 — ССРС-ка пааспар баар буолбут. Бу иннинэ кыраныысса таһыгар үлэлиир эрэ гражданнар пааспардаах этилэр (холобур, Маяковскай 1929 с. хоһоонугар ол пааспар этиллэр).
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Никитин Павел Павлович - суруналыыс
- Тохсунньу 6 — Николай Каратаев — 1987-1998 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун бэрэстээтэлэ, 1972-1987 сылларга Саха АССР прокурора, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин хас да ыҥырыытын дьокутаата. Кини аатын 1999 сылтан Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолата сүгэр.
- Тохсунньу 16 — Гольдеров Василий Федотович — саха поэта, суруйааччыта.
- Тохсунньу 26 — Павел Никитин — суруналыыс, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- Олунньу 22 — Владимир Шапошников — Намнааҕы педучилище бастакы дириэктэрэ (1963-1965), тылбаасчыт.
- Кулун тутар 1 — Шелехова Роза Васильевна — история билимин кандидата,
- Кулун тутар 8 — Колесов Гавриил Гаврилович (08.03.1932—1997) — саха суруйааччыта, Саха АССР норуодунай артыыһа
- Кулун тутар 15 — Тимофеев Михаил Елисеевич (15.03.1932—22.01.2013) — саха народнай поэта
- Кулун тутар 29 — Саввинов Дмитрий Дмитриевич - биология наукаларын дуоктара, профессор
- Ыам ыйын 29 — Бубякин Иван Афанасьевич — саха биллиилээх мелодиһа.
- От ыйын 7 — И. А. Потапов төрөөбүт, РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа художествотын академиятын чилиэнэ, ССРС наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ (2005 өлбүт).
- От ыйын 9 — Берестов Николай Савельевич, композитор. 1964 сыллаахтан Саха сиригэр олорбут уонна үлэлээбит композитор, саха төрүт муусукатын чинчийээччи, саха муусукатын тэриллэрин (үнүстүрүмүөннэрин) түмэлин тэрийээччи, хомуһу симфоническай оркестрга киллэрэн онно оонньуур сүрүн үнүстүрүмүөн быһыытынан аан бастаан туһаммыта. Саха сирин композитордарын сойууһун төрүттээбитэ уонна уон сыл тухары салайан үлэлэппитэ (1979-1989).
- От ыйын 10 күнүгэр — Амыдаев Николай Данилович — худуоһунньук, муосчут.
- От ыйын 14 — Ю. Н. Прокопьев, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэитэ, судаарыстыба уонна уопсастыба диэйэтэлэ, филология науукатын кандидата (2003 өлбүт)
- Алтынньы 14 — Олейников Борис Васильевич, геология уонна минералогия доктора, Геология наукаларын Институтун дириэктэрэ.
- Алтынньы 22 — Степанов Захар Константинович, композитор, педагог
- Сэтинньи 1 — Константин Шубин - Полярнай — дулгаан бэйиэтэ, суруйааччыта.
- Сэтинньи 23 — Иванова-Сидоркевич Ольга Петровна (23.11.1932—2003) — саха биллиилээх ырыаһыта, ырыа айааччыта.
- Ахсынньы 20 — Николай Борисов - Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 31 — Петр Слепцов (1876 төр.) — «Сахалар сойуустарын» кыттыылааҕа. 1922 с. Бүтүн Саха сиринээҕи Тэрийэр сийиэс кыттыылааҕа. 1922, 1924, 1926 сс. Саха Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнинэн талыллыбыт. 1925 с. хоту олохтоох кыра омуктарга көмөлөһөр кэмитиэт бэрэстээтэлин солбуйааччынан, онтон кэлин бэрэстээтэлинэн ананан үлэлээбит. Кэлин ССРС Наукаларын Академиятын иһинэн үлэлиир Антропология уонна этнография музейыгар хотугу норуоттар боппуруостарыгар научнай консультанынан үлэҕэ ылыллар. П.В. Слепцов талааннаах худуоһунньук, фольклорист, этнограф учуонай этэ.
- Ыам ыйын 8 — Леонтьев Василий Никанорович (1895 - 1932), литэрэтиирэ кириитигэ, түмэт диэйэтэлэ.
- ↑ Материалы первой всеякутской конференции советских писателей: (2-11 декабря 1934 года) / Н. Е. Мординов. — Якутск: Якутское государственное издательство, 1936. — С. 9. — 161 с. — 4200 экз.