Чондоон
Тас көрүҥэ
Чондоон өрүс. Лаптевтар байҕалларын Чондоон тамаҕар түһэр. Уһуна 606 км., тардыытын иэнэ 18900 км². Баһа Силээннээх сис хотугу эниэтигэр баар.
Дьааҥы - Индигир намталынан устар. Тардыытыгар 6600 күөл баар, уопсай иэннэрэ 497 км². Балаҕан ыйыттан бэс ыйыгар диэри тоҥ.
Хаҥас өртүттэн Буор Үрэх (170 км.), уҥа өрүттэн Ыганньа (142 км.), Додомо (114 км.) уонна Нуучча (243 км.) диэн салаалардаах.
Ылыллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.