Халыып:Бу күн:10-11
Тас көрүҥэ
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы кыыс оҕо күнэ
- Башкортостан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- АХШ — Национальнай каминг-аут күнэ
Түбэлтэлэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1931 — ССРС-ка чааһынай эргиэн бобуллубут. 1920-с сыллардааҕы НЭП (Саҥа экэниэмикэ бэлиитикэтэ) үйэтэ түмүктэммит.
- 1944 — Тыва Народнай Өрөспүүбүлэкэтэ ССРС састаабыгар киирбит.
- 1962 — Римҥэ Иккис Ватикан Собора саҕаламмыт. Бу соборга Католик Таҥара дьиэтин саҥардар уонна сиэри-туому судургутутар докуомуоннар ылыллыбыттара. Биир сүрүн уларытыынан литургияҕа латыын тылын оннугар дьоннор бэйэлэрин тылларын туһаныы буолбута.
- 1999 — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха сирин политическэй диэйэтэлэ, конфедералистар бастаанньаларын салайааччыларыттан биирдэстэрэ Михаил Артемьев реабилитацияламмыт.
Төрөөбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1948 — Вадим Кузьмин — техника билимин дуоктара, профессор, СӨ НА академига.
- 1949 — Анатолий Николаев — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
- 1953 — Наталья Антипина — археолог, Хотугулуу-Илиҥҥи Азия таас үйэтин кэминээҕини чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1937 — Григорий Чорос-Гуркин — Алтай уруһуйдьута, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр алтай омук хамсааһынын салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Омугунан телеут, чорос бииһэ.