Халыып:Бу күн:02-09
Тас көрүҥэ
- Аан дойдуга тииһи эмтээччи күнэ
- Арассыыйа — Гражданскай абыйаассыйа күнэ
- Ливан — Сибэтиэй Марон күнэ, дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр. Бу билиҥҥи Сиирийэ сиригэр төрөөбүт манаах, 410 сыллаахха өлбүт. Марониттар сыаркаптарын (христианство салаата) төрүттээччи
Түбэлтэлэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 474 — Зенон Византия хос ыраахтааҕытын быһыытынан хоруоналаммыт (бэргэһэлэммит).
- 1003 — Богемияҕа Болеслав III былааска хос кэлбит (Польша хоруола Болеслав I Хорсун өйөбүлүнэн). Бу хоруолу Чиэхийэ саамай куһаҕан ыраахтааҕытынан ааҕаллар.
- 1555 — Ааҥылыйаҕа Глостер эпиискэбин Джон Хуперы Мария I ыраахтааҕы саҕана уматан өлөрбүттэр. Киристийээннэр сыаркаптара ис хайдыыны утары охсуһуутун уонна дойдуга былаас былдьаһыытын түмүгэ.
- 1788 — Габсбурдар импиэрийэлэрэ Арассыыйа-Туурсуйа сэриитигэр нууччалар диэки буолан кыттыспыт.
- 1856 — Саха уобалаһын салайааччытынан бырабылыанньа үрдүкү сүбэһит хабалыара Николай Скрябин буолбут. Кини уобалаһы 1857 сыл кулун тутар 2 күнүгэр диэри салайбыта.
- 1895 — Амыарыкаҕа Уильям Г. Морган Mintonette диэн ааттаах оонньууну айбыт. Кэлин ол оонньуу волейбол буолбута.
- 1900 — «Дэвис кубога» турнир олохтоммут — эр дьоҥҥо тиэннискэ саамай бөдөҥ хамаанданан күрэхтэһии.
- 1904 — Нуучча-Дьоппуон сэриитэ: Порт-Артур аттынааҕы кыргыһыы түмүктэммит.
- 1907 — Лондоҥҥа "Кирдээх хаамыы" буолбут, Дьахталлар быыбардыыр бырааптарын наассыйалыы сойууһа (NUWSS) тэрийбит бастакы бөдөҥ аахсыйата.
- 1918 — Саха сирин уопсастыбаннай уонна бэлиитикэлии түмсүүлэр холбоһуктаах мунньахтарыгар Саха уобалаһын Сэбиэтигэр киирбиттэр: уобаластааҕы зиэмистибэттэн — 5 киһи, куорат дууматыттан — 2 киһи, Саллаат дьокутааттарын сэбиэтиттэн — 2 киһи, Хаһаах дьокутааттарын сэбиэтиттэн — 2 киһи, Саха оробуочайдарын сойууһуттан — 1 киһи, Саха сиринээҕи дьэбириэй общинатыттан — 1 киһи, Бааһынай дьокутааттарын сэбиэтиттэн — 2 киһи. Уобаластааҕы Сэбиэт Саха сиригэр үрдүкү былаас уорганынан биллэриллибитэ.
- 1934 — Афины куоракка Балкаан тумул арыытыгар сэрии кэнниттэн олохтоммут бэрээдэги харыстыыр соруктаах Греция, Румыния, Туурсуйа уонна Югославия байыаннай уонна бэлиитикэ сойууһун түһэрсибиттэр («Балкаан Антантата» диэн ааттаммыта).
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитэ: Япония Гуадалканаалтан хаалбыт сэриилэрин таһаарбытын кэннэ сойуустаахтар бу арыыны куттала суох сиринэн биллэрбиттэр. Гуадалканал иһин кыргыһыы түмүктэммит.
- 1950 — АХШ сэнээтэрэ Джозеф Маккарти Госдэпэртээмэни хомуньуустар толорбуттар диэн буруйдаабыт.
- 1969 — Boeing 747 бастакы көтүүтэ буолбут. Boeing 747 аан дойдуга бастакы ыраах сырыылаах, икки мэндиэмэннээх киэҥ көҥдөйдөөх дьону таһар көтөр аал буолар. 36 сылынан 2005 сыллаахха Airbus A380 оҥоһуллуор диэри аан дойдуга саамай улахан дьон таһар көтөр аал этэ.
- 1986 — Галлей кометата Күн тиһигэр киирбит.
- 1991 — Литваҕа тутулуга суох буолуу референдумугар куоластааччы түөрт гыммыт үһэ туспа барар диэки буолбут.
- 2018 — Кыһыҥҥы Олимпиада Соҕуруу Кэриэйэ Пхенчханыгар аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1887 — Василий Чапаев — кыһыл хамандыыр, Кырасдааныскай сэрии дьоруойа.
- 1944 — Агафья Захарова — филология билимин хандьыдаата.
- 1958 — Мария Пинигина — 4×400 м эстафетаҕа XXIV Олимпия оонньууларын чөмпүйүөнэ, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ (1975, 1977, 1978), спорт үтүөлээх маастара. Павел Пинигин ойоҕо.
- 1985 — Роман Дорофеев — Саха тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, режиссер.
Өлбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1881 — Федор Достоевскай — нуучча кылаассык суруйааччыта, бөлөһүөк. Кини айымньыларыгар "үтүөнү оҥороору куһаҕаны оҥоруохха сөп дуо?" диэн ыйытыыны туруорбута билигин да аан дойду дьонун долгутар.