Түөлбэ тыла
Түөлбэ тыла (нууч. Диалект) — омук тылын сорҕото, бэйэтэ туспа тыллаах-өстөөх, уонна үксүн литэрэтиирэ тылыттан ураты грамматикалаах (быраабылалаах) буолар.
Саха тылын түөлбэ тыллара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саха тылыгар туспа түөлбэ тылынан дулгаан тыла буолар, ону таһынан Үт сахаларын тыла буолуон сөп.
М.С. Воронкин саха саҥатын маннык бөлөхтөргө араарар:
- Хотугулуу-арҕаа түбэ саҥалара (говордара), бу бөлөххө Дьэһиэй түбэ саҥата уонна дулгаан тылын түөлбэ тыла киирэллэр
- Бүлүү түбэ тылларын бөлөҕө, бу бөлөххө эбии Өлүөхүмэ, Лиэнискэй, Кэбээйи кырыы түбэ саҥалара (периферийные говоры) киирэллэр
- Киин бөлөх (Саха сирин киин улуустарын тыллара)
- Хотугулуу-илин түбэ саҥаларын бөлөҕө (манна Магадаан сахаларын түбэ саҥата эмиэ киирэр).
Маны таһынан Воронкин саха тылын икки бөдөҥ бөлөххө араарар: Хотугулуу-илин тыллар бөлөхтөрө, Бүлүү тылларын бөлөҕө уонна Хаҥалас түбэ тыллара арҕааҥҥы түөлбэ тыл массивын үөскэтэллэр, оттон киин уонна хотугулуу-илин саҥа түбэлэрин бөлөҕө илиҥҥи түөлбэ тылын массивын үөскэтэллэр. Бу икки массивы Өлүөнэ өрүс хайытар.
Киин түөлбэ тылын зонатыгар Горнай, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Амма, Уус-Маайа, Нам, Уус Алдан улуустарын саҥалара, ону таһынан Томпо улууһун Саһыл, Мэҥэ-Алдан, Байаҕантай, Ыҥаа нэһилиэктэрэ (урукку Байаҕантай улууһугар киирэллэрэ) уонна Кэбээйи улууһун Кэбээйи, Куокуй, Нидьили, Тыайа, I уонна II Сииттэ нэһилиэктэрин саҥалара киирэллэр[1]
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Иванов Спиридон А. К вопросу о диалектном членении якутского языка // Якутский язык: Диалектология: Сборник научных трудов / Воронкин М.С.. — Новосибирск: Наука, 1998. — С. 94. — ISBN 5-02-031785-3.