Иһинээҕитигэр көс

Орион (сулустар бөлөхтөрө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Орион

Орион (гир. Ὠρίων) — экватор сулустарын бөлөҕө. Ордук чаҕылхай сулустар Ригель, Бетельгейзе уонна Беллатрикс.

Кыһыл супергигант Бетельгейзе (Орион α-та), араабтыы «хоноҥсо» — уларыйа турар сулус, Улахана 0,2 - 1,2 ыккардынан, ортотунан 0,7m. 650 сырдык сыла ыраах. Ордук улахан сулустартан биирдэстэрэ: Күммүт оннугар турдаҕына Марс орбитатыгар диэри толоруо этэ.

Күөх супергигант Ригель (Орион β-та), араабтыы «атах», Улахана 0,18. 1100 сырдык сыла ыраах. Температурата 11 200 К, диаметра Күннээҕэр 68 төгүл улахан Былыргы Египекка сулустар ыраахтааҕылара дииллэр этэ уонна Осирис таҥараны кытта сибээстиилэр этэ.

"Сулустар фабрикалара" Орион бөлөх ортотугар
  • Орион θ-та, түөрт муннукка маарыҥныыр түөрт компоненнаах — Орион Трапецията.
  • Ат Баһа, хараҥа туман курдук көстөр, Орион ζ-та сулустан 0,5° соҕуруу баар.
  • Сноп, — α (Бетельгейзе), β (Ригель), γ (Беллатрикс), ζ (Альнитак), η (Минтака) уонна κ (Саиф). Атын аата — Лыах.
  • Орион Кура (Эҥэр сулус) — Минтака, Альнилам уонна Альнитак (эбэтэр δ, ε и ζ). Атын ааттара Үс хоруол, Кыраабыл.
  • Орион Батаһа — θ ι сулустар уонна Орион тумана.
  • Орион Куйаҕа — π1, π2, π3, π4, π5 уонна π6.

Арассыыйа территориятыттан сайын ордук көстөр.

Сулустар киһи халыыбыгар маарыҥныыллар. Былыргы Египекка Орион бөлөҕү «сулустар ыраахтааҕыта» дииллэрэ, Вавилоҥҥа — «Халлаан маныыһыта». Иудеяҕа уонна Библияҕа Орион бөлөххө Кесиль (дьэбириэйдии כסיל, «акаары») диэн бөлөх сөп түбэһэрэ.

Гириэктэр Орион булчуту көрөллөр этэ. Артемида оҕо өлөрбүтүн кэннэ халлааҥҥа тиийбитэ. Клавдий Птолемей «Альмагест» каталогар баар.