Иһинээҕитигэр көс

Олунньу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Олунньу Très riches heures du Duc de Berry

Олунньу - сыл иккис ыйа.

Олунньу маҥнайгы күнэ — дьыл оройо. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстык-ка бэлэмнэммит ас аҥаара сиэниллэр. Маҥхааһайга бурдук, кыбыыга от лоп курдук аҥаара хаалбыт буоллаҕына, үчүгэйдик сыл тахсыахха сөп.

Олунньу тохсунньуттан туох даҕаны ура-тыта суох. Ый саҕаланыыта тохсунньу кур-дук хабараан. Саха итэҕэлинэн, Дьыл оҕуһа аҥаар муоһа тостон, хаанын көрөн, онуоха эбии иккис муоһа тостоору ыарыытыттан, абатыттан киҥнэнэр, тымныынан силбиэтэ-нэр. Олунньу ыйга күн лаппа уһуур, күнүһүн чаҕылхайдык тыгар, дьыбар тахсар.

Сахалар этэллэринэн, олунньу саҥатыгар тойон кыыл дойдутугар кэлэн уйатын хаар-даан барар үһү. Бөрө үөрдүүр, ханыытын булсар. Олунньу саҥатыттан сайын диэки хонугу таҥнары ааҕаллар. Мантан саас күн-дьыл түргэнник барар. Ыалга ынах төрүүр, үрүҥ ас дэлэйэр.

Олунньу ый күнун-дьылын билгэтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Олунньу уларыйа сылдьар: тохсунньу курдук томороон тымныылаах, кулун тутар курдук ылааҥы күннээх. Олунньуга элбэхтик хаардыыр. Бу ыйга күн чаҕылыччы тыгар.

Олунньу хаара суох уонна тымныы буоллаҕына — атырдьах ыйа итии.

  • 1 — бу күн хайдаҕый да, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэ кэлэр.
  • 2 — күн орто күннээх буоллаҕына, эрдэтээҥҥи саас, былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар.
  • 10 — тыалырдаҕына — сөҥүүлээх сыл.
  • 14 — сулустаах буоллаҕына, саас хойутуур.
  • 15 — хаар суол нөҥүө типтэҕинэ, саас хойутуур, чуумпу буоллаҕына, эрдэлиир.
  • 27 — үчүгэй күн-дьыл буоллаҕына, тым-ныйар.
  • Саха ыалын халандаара - 2009


Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы

Күн тахсар ыйа (Аллайыаха)