Иһинээҕитигэр көс

Никола Тесла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Никола Тесла

Төрөөбүтэ От ыйын 10, 1856
Смилян, Аустрия Империята
Өлбүтэ Тохсунньу 7, 1943
Нью Йорк, АХШ
Гражданствота Аустрия Империята (1891 иннинэ)
АХШ (1891 кэнниттэн)
Омуга Серб
Эйгэлэрэ Массыына оҥоруута уонна электротехника
Үлэлээбит сирдэрэ Edison Machine Works
Tesla Electric Light & Manufacturing
Westinghouse Electric & Manufacturing Co.
Үлэлэрэ Тесла трансформатора
Тесла турбината
Уларыйар сүүрээн
Асинхрон массыына
Өлүү сардаҥата
Телегеодинамика
Суолталаах бэлэхтэрэ Эдисон мэтээлэ (1916)
Эллиотт Крессон Алтан мэтээлэ (1893)
Дьон Скотт мэтээлэ (1934)
Илии баттааhына
Никола Тесла's signature

Никола Тесла (ааҥл. Nikola Tesla) (18561943) диэн электротехника уонна радиотехника эйгэлэригэр үлэлээбит уһулуччулаах айааччы.

Никола Тесла, омугунан серб, 1856 с. от ыйын 10 күнүгэр Смилян диэн сиргэ (урут Австро-Венгрия, билигин Хорватия) төрдүс оҕоннон төрөөбүт. Аҕата аҕабыыт.

1878 с. Грац куоракка үрдүкү техника училищетын бүтэрбит.

1875—1880 сылларга Прага университетыгар үөрэммит. Будапешка телефон тэрилтэтигэр 1882 с. дылы инженердаабыт. Онтон Парижка Эдисон хампаанньатыгар үлэлээбит.

1884 с. Америкаҕа эмиграциялаабыт. Эдисоҥҥа уонна Вестингаузка үлэлээбит. Нью Йорка, Никола Тесла Ист-Хьюстон уулусса 48-гар олорон лаборатория тэрийбит уонна сотору кэминэн икки фаазалаах уларыйар сүүрээн генераторын айбыт. Онтон хас да фазалаах генератордар, электромотордар уонна трансформатордар оҥоһууларын оҥорбут, уонна элбэх фазалаах сүүрээннэри аһарар уонна тарҕатар систиэмэлэри айбыт. Икки фазалаах систиэмэтин туһанан АХШ-ка хас да индустрия энерготэриллэр оҥоһуллубуттар, ол иһигэр Ниагаратааҕы ГЭС (1895) — ол сылларга аан дойдуга ордук улахан. 1888 сыллаахха Тесла (Г. Ферраристан туспа уонна эрдэ) эргийэр магнит хонуутун арыйар уонна онтун сиһилии ойуулуур. Ол билиитин туһанан үрдүк уонна нааһаа үрдүк түргэннээх электрогенератордары тутар. Ол сылга айыыга сүрүн патеннарын ылар.

1889 с. Тесла үрдүк түргэннээх уонна күүрүүлээх сүүрээннэри үөрэтиитин саҕалыыр. Үрдүк түргэннээх электромеханик генератордары оҥорор (ол иһигэр индуктордаах). 1891 с. резонанснай трансформаторы айар (Тесла трансформатора диэн биллэр), бу тэрил күүрүүтэ 106 В хамсааһыннарын оҥорор кыахтаах эбит. Сигналлары уонна энергияны салгынынан ыраахха биэриини үөрэтэр, 1899 с. бороуобата суох үрдүк түргэҥҥэ үлэлиир лаампалары уонна мотордары элбэх киһиэхэ көрдөрөр.

Тесла буруобата суох сигналлары биэриигэ 1896—1904 сс. үлэлэрэ радиотехника сайдыытыгар улахан оруоллаахтар. Бу сылларга Тесла бэйэтэ телеавтомат диэн ааттаабыт хас да ыраахтан салайыллар механизмнары айар (ол иһигэр хараабыл моделын, 1898). 1900 с. кэнниттэн техника араас эйгэлэригэр элбэх патеннары ылар (электрик ааҕааччы, түргэни кээмэйдээччи, радиоаппаратураны, паар турбиналарын тупсарыылар уо.д.а.). 1917 с. Никола Тесла сумбариналары радио көмөтүнэн булар тэрил оноһуутун көрдөрөр.

Лоҥ Айленд диэн сиргэ радиоантенна тутар. Тесла аатынан магнит сүүрүк чиҥин кээмэйэ ааттанар (магнит индукция). Учуонай наҕараадалара — Э.Крессиан, Дь. Скотт, Т.Эдисон мэтээллэрэ.

Тесла таайыллыбатах дьиктилэрин туһунан элбэх үһүйээннэр бааллар.

Нью Йорка тохсунньу 7, 1943 с. өлбүтэ.

Туһаныллыбыт сир

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]