Көмө:Уларытыы устуоруйата
Уларытыы устуоруйата — сирэй ааптардарын уонна барылларын тиһигэ. Ханнык баҕарар биики-сирэйгэ аптамаатынан оҥоһуллар.
Хас биирдии устуруоката биирдии барылга сөп түбэйэһэр, саҥа барыллар үөһэ, эргэлэр аллара көстөллөр.
(бил.) — бу барыл билиҥҥи (саҥа) барылы кытта тэҥнээһинин сигэтэ.
(инн.) — бу барылы иннинээҕи (аллараа) барылы кытта тэҥнээһин сигэтэ.
радиокнокалар көмөлөрүнэн икки ханнык баҕарар барылы тэҥнээн көрүөххэ сөп: хаҥас столбикка эрдэтээҥи барылын, уҥаҕа хойуккутун талан баран «талыллыбыт барыллары тэҥнээ» диэни баттаа.
14:10, 10 Балаҕан ыйын 2008 — сирэй барылыгар сигэ; универсальнай кэм туттуллар, ол эрээри бэлиэтэммит кыттааччылар бэйэлэрин олохтоох кэмнэрин (холобур Дьокуускай кэмин) туруоруохтарын сөп.
Кыттааччы 2 (ырытыы | вклад) — уларыппыт кыттааччыга сигэ.
к — кыра уларытыы туһунан бэлиэ.
3150 баайт — Барыл ыйааһына (баайтынан).
төннөр — Бу уларытыыны суох оҥороору эрэдээксийэлиир түннүккэ барыы.
→ салаа — Уларытыы туһунан аптамаатынан суруллар уларыйбыт салаа аата.
комментарий — уларытыы туһунан быһаарыы сурук.
Үөһэ саамай кэнники уларытыылр көстөллөр. Навигация сигэлэринэн:
- урукку уларытыыларга төннүөххэ сөп;
- тута саамай инники уларытыыга тиийиэххэ сөп (бастакы);
- ханнык эрэ ыйга оҥоһуллубут уларытыыга тиийиэххэ сөп (уонна ол иннинээҕилэргэ).
Үөһэ бас анныгар сурунааллларга сигэлэр бааллар.