Апросимов Георгий Ефимович
Георгий Ефимович Апросимов | |
Үлэтэ: | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: | |
Төрөөбүт сирэ: | |
Дойдута: | |
Өлбүт күнэ: |
26 ыам ыйын 2018 (95 сааһыгар) |
Наҕараадалара: |
Апросимов Георгий Ефимович (1923 с. муус устар 18 күнэ - 2018 с. ыам ыйын 26 күнэ) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1923 сыллаахха муус устар 18 күнүгэр Саха АССР Мэҥэ-Хаҥалас оройуон 1 Моорук нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэрии саҕаланыыта Бастакы Өспөх (1-й Ольтекский наслег) нэһилиэгэр[биллибэт тиэрмин] учууталлаабыт.
1942 сыл от ыйыгар Кыһыл аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл сэтинньитигэр дылы Иркутскай уобалас Мальта ст. байыаннай үөрэҕи барбыт. Сэтинньигэ 1310-с полк 3-с стрелковай батальонугар ыыппыттар. Харьковтааҕы операцияҕа кыттыбыт. Ст. Миллерово аттынааҕы кыргыһыыга бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыт. 1943 сыл кулун тутар ыйыгар 1310-с полк Холодная гора, Новоселовка, Рубановка оройуонун көмүскүүргэ бойобуой сорудах ылбыт. Байыас Апросимов кыргыһар батальона оборонаны, биир да хардыынан чугуруйбакка, күүскэ туппут, өстөөх аҕыс кимэн киириитин тохтоппут, сэттэ автомашинатын эспит. Печенеги пуун иһин өстөөхтөр 1310-с стрелковай полканы иккитэ атаакалаабыттар. Үс суукка устун кыһыл байыастар элбэх сүтүктээх, өстөөҕү утары туруулаһан кыргыспыттар. Бу кыргыһыыга, Апросимов бааһырыы ылан, Балашов куоракка госпитальга эмтэммит.
1943 сыл от ыйыгар дойдутугар, Мэҥэ-Хаҥаласка, төннүбүт. Саха Сирин профтех үөрэхтээһинин оскуолаларыгар учууталлаабыт.
1958 с. — В. И. Ленин аатынан Москватааҕы педагогическай институту бүтэрбит.
1983 сыл от ыйыттан Саха государственнай университет педагогика факультетын старшай преподавателэ.
2018 сыллаахха ыам ыйын 26 күнүгэр 95 сааһын туолан баран өлбүт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (1990)[1]
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл
- «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээл
- «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл
- «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
- Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин Президиумун Ытык грамотата
- Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала
- РСФСР профтех үөрэхтээһинин туйгуна
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
- Дьон алпаабытынан
- Муус устар 18 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1923 сыллаахха төрөөбүттэр
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүттэр
- Ыам ыйын 26 күнүгэр өлбүттэр
- 2018 сыллаахха өлбүттэр
- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьанын кавалердара
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Бикипиэдьийэ:Мэтириэттэрэ суох дьон
- Биллибэт тиэрминнээх ыстатыйалар
- Дьон туһунан
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара:Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
- Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учууталлара