Алтынньы 31
Тас көрүҥэ
Алтынньы 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 304-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 305-c күнэ). Сыл бүтүө 61 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Хэллоуин түүнэ буолар (католичествоҕа сарсыныгар, ол эбэтэр сэтинньи 1 күнүгэр Бары сибэтиэйдэр күннэрэ - бу күн билиниллибэтэх уонна билиниллибит сибэтиэйдэри барыларын ахталлар)
- Арассыыйа — Хамсаныы тылын тылбаасчытын күнэ
- Арассыыйа — Силиэстийэ хаайыытын уонна түрмэ үлэһиттэрин күнэ
- АХШ — Кыыс скауттар тэрилтэлэрин олохтооччу күнэ. Джульетта Гордон Лоу төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Бразилия — Сачи күнэ (Бразилия култууратын уонна фольклорун күнэ) "Америка Хеллоуинын" оннугар олохтообуттар
- Ииндийэ — Сомоҕолоһуу күнэ
- Перу — Креоллар култуураларыгар ананар күн (Día de la Canción Criolla). 1944 сыллаахтан бэлиэтэнэр
- Миэксикэ — Өлбүттэр күннэрин бастакы күнэ
- Камбодьа — Аҕа хоруол төрөөбүт күнэ
- Словения, Германия (сорҕото), Чиили — Реформация күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1517 — Мартин Лютер бэйэтин 95 тезиһин Виттенбергэ сыаркап ааныгар ыйаабыт. Онон католиктар ыккардыларыгар мөккүөрү тардыбыт.
- 1811 — Санкт-Петербург таһыгар Царскай селоҕа Император лиссиэйэ аһыллыбыт — дворяннар оҕолоругар аналлаах үөрэх кыһата. Лиссиэй Александр Пушкин үөрэммит сирэ буоларынан биллэр. 1843 сыллаахха үөрэх кыһата киин куоракка Петербурга көспүт уонна Александровскай диэн буолбут. 1918 сыллаахха Совнарком уурааҕынан сабыллыбыт.
- 1857 — Лаамы байҕалын кытылыгар сытар Үт (Чумикан) сирэ Саха уобалаһыттан Приморье уобалаһыгар бэриллибит. Билигин бу Хабаровскай кыраай сирэ.
- 1913 — АХШ сирин-уотун байҕалтан байҕалга диэри туоруур бастакы шоссе, Линкольн шоссета, аһыллыбыт.
- 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Британия иһин кыргыһыы түмүктэммит, ол түмүгүнэн ньиэмэстэр арыыга саба түһэллэрин тохтоппуттар.
- 1960 — Бүлүү өрүһүгэр ГЭС тутуллан бүппүт.
- 1961 — Иосиф Сталин өлүгэ Кыһыл болуоссакка баар мавзолейтан таһаарыллыбыт уонна Кириэмил эркинин анныгар көмүллүбүт. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта: Сталинград Волгоград буолбута, Сталинабад — Душанбе, дойду үрдүнэн Сталин мэҥэ таастарын көтүрбүттэрэ.
- 1964 — ГЭС тутулла турар сиригэр Бүлүү өрүс үөһээ тардыытыгар күнүс биир чааска өрүһү сабыы саҕаламмыт. Үс чааһынан үлэ түмүктэммит. Бу бэлиэ түгэҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэ уонна Якуталмаз салалталара кыттыылаах гидростроителлэр үөрүүлээх миитиннэрэ буолбут.
- 1967 — Таас Тумус — Дьокуускай гаас ситимэ үлэҕэ киирбит, Дьокуускайга аан маҥнай гаас кэлбит.
- 1968 — Амматааҕы норуот тыйаатыра аһыллыбыт.
- 1968 — Майа бөһүөлэгин тутуутун сүрүн былаана ылыныллыбыт.
- 2011 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.
- 2018 — Ииндийэҕэ аан дойду саамай үрдүк статуята — 240 миэтэрэлээх Сомоҕолоһуу Мэҥэтэ — аһыллыбыт. Бу Валлабхаи Патель диэн Ииндийэ босхолонуутун туһугар турууласпыт норуот биир басханын мэҥэ тааһа.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1711 — Степан Крашенинников — Камчаатканы чинчийээччи.
- 1760 — Хокусай — аатырбыт Дьоппуон уруhуйдьута. Кини саамай биллиилээх үлэтинэн «Фуджи хайа отут алта көстүүтэ» (富嶽三十六景) диэн маска ойууламмыт гравюралар сиэрийэлэрэ буолар.
- 1895 — Дмитрий Муксунов — Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна.
- 1950 — Заха Хадид, Ираак уонна Британия архитектора уонна акадьыамыга.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1939 — Былатыан Ойуунускай — революционер, ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэни олохтоспут киһи, саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини тэрийсибит тэрилтэлэрэ — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута, Бичик кинигэ кыһата, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа, Саха суругун-бичигин Кэмитиэтэ, ону кытары билигин суох Саха национальнай байыаннай оскуолата (ЯНВШ).
- 1993 — Федерико Феллини — Италия киинэ оҥорооччута, режиссера. Феллини киинэлэрэ фантазияны уонна түүлү холбуур киинэлэр буолаллар.
- 1994 — Ииндийэ баһылыга Индира Ганди өлбүт. Джавахарлал Неру кыыһа этэ.
- 2009 — Цянь Сюэсэнь — кытай учуонайа, чинчийээччитэ, Кытай халлаан куйаарын бырагырааматын төрүттээччи, АХШ куйаар бырагырааматын кыттыылааҕа, Кытай баллистическай ракеталарын оҥорбут киһи.
|