Коралл
Коралл — органогеннай, ол аата тыынар-тыыннаах «оҥорбут» минераалларыгар киирэр таас. Полииптар диэн байҕал харамайдарын колонияларын дьардьамата буолаллар. Бу дьардьамалар кальцииттан эбэтэр арагонииттан тураллар. Үрүҥ корааллары ювелиирдар соччо туһамматтар. Корааллар икки эрэ көрүҥнэрэ сыаналаналлар: кыһыл (тарҕаммыт) уонна хара - акабар.
Кораалл киэргэллэри былыргы цивилизациялар билэллэр этэ: шумердар, египтяннар уонна былыргы гириэктэр.
Аба-хомуһуна
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былыргы гириэктэр кыһыл корааллары өлбөт буолуу уонна дьол бэлиэтинэн ааҕаллара. Орто үйэҕэ Эуропаҕа кораалл сэмэй-көрсүө буолуу бэлиэтэ этэ. Гириэк уонна Былыргы Рим үһүйээннэригэр драконнар мэйиилэригэр корааллар баалларын туһунан кэпсэнэр.
Эмкэ туттуллуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Японияҕа үрүҥ корааллартан ньыһыллыбыт бороһуогу уҥуох тостуутугар тутталлар. Португалияҕа кораалтан оҥоһуллубут оҕуруо төбө ыарыытын аһарар, оттон Англияҕа — күөмэй ыарыыларыттан эмтиир диэн саныыллар.